Персональный сайт воспитателя Никифоровой Любовь Спиридоновны
Петр Тобуруокап - о5о литературатын классигаПетр Тобуруокап - о5о литературатын классига (1917 - 2001) Саха народнай поэта, саха улуу Маршага, Чуковскайа дииллэр. Саха о5ото ойо уьуктуо5уттан Буотур Тобуруокабынан тылланар, кини ырыаларын оло5ун устата аргыс оностор. Петр Николаевич Тобуруокап 1917с. Алтынньы 25 кунугэр Уоьээ Булуу улууьун Ороьу нэьилиэгэр булчут Ньукулай Тобуруокап уонна Евдокия Ксенофонтовна Иванова (Улахан Огдооччуйа) дьиэ кэргэннэригэр бастакы о5онон торообутэ. Биэьигэр 1922 с. Тороппуттэрэ о5олорун уорэттэрээри ийэтин дьоно олорор сирдэригэр Ороьуга коспуттэр. Уол а5атын батан сааьыт, туьахчыт, тууьут, илимньит, мындыр булчут буола улааппыт. Аа5арга оссо оскуола5а киириэн инниттэн таайа уорэппит. Биирдэ харыйа тымтыкка суруйа олорорун корон, таайа Василий аа5арга-суруйарга уорэтэн барар. Онон уолчаан 11 сааьыгар оскуола5а киирбитигэр иккис кылааска быьа таьааран уорэппиттэр. Таайа быраатын кинигэни аа5арга уорэппит, айар улэ кистэлэннэрин кытары билиьиннэрбит. Ол курдук уол хоьоон хайдах сурулларын аан бастаан таайыттан корбут истибит. Оччолорго, кумаа5ы кэмчи кэмигэр кини кордо5унэ, таайа кэтит лиискэ ортотугар эрэ суруйбут. Тымтыкка суруйа сылдьар киьиэхэ ба5алаах хаарыан кумаа5ы икки кытыыта ыраас хаалбытын корон, уол олус дьиктиргээбит. Онуоха таайа хоьоон диэн маннык сурулларын ойдоппутэ уьу. Урукку оттугэр Петр Тобуруокап о5олорго анаммыт айымньылара «Чыычаахтар куну корсоллор» (1970) уонна «Куннуун оонньуур куорэгэйдэр» (1986) хомуурунньактарыгар бэчээттэнэн тахсыбыттара. Петр Тобуруокап о5о5о аналлаах айымньыларын ойуулуур темата олус киэн: кырачаан аа5ааччы тулалыыр эйгэ, айыл5а, олох туьунан бары ыйытыыларыгар толору эппиэти биэрэллэр. Тобуруокап о5о-айма5ы кыра эрдэхтэн Ийэ дойдуну таптыырга, кининэн киэн туттарга, торообут норуокка ытык иэьи толуур дьоьун дьон буола улаатарга уорэтэр. Айыл5а кэрэтин ойуулуур айымньыларыгар П. Тобуруокап тыыннаа5ымсытыы, тэннээьин, эпитет курдук уус-уран ньымалары туттар буолан, о5о5о чугас, ойдонумтуо хартыыналар айыллаллар:
«Буквалар оонньууллар» хоьоонно буукубалар бытарыьа сырсаллар, мээчик хапсаллар, куннээн тусталлар, куораттары туталлар, космонавт буолаллар, муораларга усталлар. Буукубалар о5олор бэйэлэрин курдуктар: корсуо-сэмэй кыргыттар, мэник –тэник уолаттар корулууллэр, ыллыыллар, лаа5ырдарга сынньаналлар, ункуулээн тэйэллэр, костер тула корудьуоьу кэпсэтэллэр, бука бары до5ордуулар. Буквалар – о5олор,
«Уон» хоьоонно автор эмиэ о5о билэр ойдобулунэн сыыппараны быьаарар:
Петр Тобуруокап о5олорго аналлаах айымньыларын оссо биир уратытынан кыралары умсугутар оонньуу корунун туьаныыта буолар. Оонньууга эрэ о5о оло5у ырыналаан коруутэ сайдан барар. Ол да иьин Тобуруокап угус хоьооннорун киьи оонньуу-оонньуу аа5ар, толкуйдуур, ырытар. Кинини А-5а эптэххинэ,
«Чабыр5ахтар» уонна «Корудьуостэр» тыл оонньуутун санаталлар уонна о5о чуолкай санатын, ойдуур дьо5урун сайыннараллар:
Тобуруокап о5о5о аналлаах айымньыларыгар сатира уонна юмор силбэьэллэр. Автор кыра киьини аьынар, итэ5эйэр, холку куолаьынан итэ5эьи ойуулуур, мэниги-тэниги куускэ сэмэлээбэт, а5а табаарыс быьыытынан сиэрэ суохтан тэннэ хомойор-хоргутар: Онтон бутээт, уолун оссо
Мутуктан охтубутун,
Петр Тобуруокап о5олорго анаан суруйбут айымньытыгар соро5ор улахан дьон проблемаларын эмиэ таарыйан ааьар. Ол курдук торообут тылын билбэт киьи олоххо араас быьылаанна тубэьиэн, эрэйи коруон собун «Куорат уола хоноьо» айымньыга аа5абыт. О5ону торообут тылын билбэт гына иитии, биллэн турар, бу – тороппут буруйа буолар. Сахалыы о5о литературатыгар Петр Тобуруокап остуоруйа-поэма жанрын салгыы сайыннарар. Кини норуот остуоруйатыгар, олонхотугар оло5уран «Чэрэлэ», «Хатырык уота халааннаах», «Чаный Ча5аан», «Бур5аллай» остуоруйа-поэмалары суруйбута. Автор остуоруйа айарыгар фольклор ис хоьоонун, мунура суох фантазиятын, уобарастарын, ойуулуур-дьуьуннуур ньымаларын туьанар. О5о аймах тапталлаах суруйааччытын айымньылара ис хоьоонунан эрэ баай буолбатахтар, поэт ураты бол5омтотун айымньы тутулугар, куорматыгар эмиэ уурар. Ол курдук уус киьи бэйэтин оноьугун ураннык чочуйан, нарылаан онорорун курдук, поэт хоьооннорун кыладыйан, араас оттунэн оонньотон-ча5ылытан таьаарар. Кини манна араас ньыманы туттар. Холобур, автор кырачааннарга анаммыт айымньыта дор5ооно кытта дьуорэлэьэр ис мелодиялаах, тургэнник ойдонорун наадатыгар суьуо5э кылгас буолар эбит: Кып-кыра Чычып-чаап Хап-хара Харахтаах. Кып-кыра Чычып-чаап Чап-чараас Кынаттаах. Кып-кыра Чычып-чаап Туп-тургэн Сырыылаах. Кып-кыра Чычып-чаап Учугэй да Чыычаах! Народнай поэт о5о интэриэьин уус-уран маастарыстыбатынан эмиэ тардар. Ол курдук кини кырачаан аа5ааччытын соьутар, толкуйдатар сыаллаах омоним-рифманы туьанар: Куруобутун атыыр о5ус
Ити курдук Тобуруокап о5олорго аналлаах поэзиятыгар сонун булумньулар, соьуччу санаалар, дьиктилэр-дьээбэлэр элбэхтэр. Онон кини хаьыс да колуонэ саха кырачаан аа5ааччыларыгар олох дьиктитин арыйар, дьиктини сатаан булан корор, дьиктини эрэ онорор дьоьун дьон буоларга уорэтэр тапталлаах поэттара, суруйааччылара. 7 сентября 2017 в 10:34
|
Сайт размещён на портале МААМ. Используя МААМ принимаете Соглашение и Обработку данных.